Покровскайга Хартыына галереятыгар Россия худуоһунньуктарын айар холбоһуктарын чилиэнэ, «Орхидея» арт-устуудьуйа кыттыылааҕа Валентина Раднаева тус быыстапката турда.
«Во власти творчества прошедшее встает» экспозицияҕа туруоруллубут сорох хартыыналар атыыланаллар, киирбит үп анал байыаннай дьайыыга сылдьар эр хоһууннары өйүүргэ пуондаҕа бэриллэр. Ол туһунан «Хаҥалас» хаһыат суруйар.
Ааптар быыстапкатын Аҕа дойду сэриитин бэтэрээнигэр, Сталинград уонна Курскай тоҕой кыргыһыыларын кыттыылааҕар, аҕатыгар Михаил Соколовка аныыр.