«Госуслуги» порталыгар быстах мобилизацияҕа тахсыбыт кэһиилэри үҥсэргэ анал сибээс формата баар буолла.
Үҥсүүнү түһэрэргэ, бот Макс өҥөтүнэн туһаныахха наада. Итиниэхэ «Жалоба» диэн тылы көрдүүгүт уонна «Призыв в рамках частичной мобилизации» графатын талаҕыт.
Үҥсүүнү быстах хомуурга түбэспит киһи бэйэтэ, эбэтэр кини аймахтара биэриэхтэрин сөп.
Порталга маны таһынан, баҕа өттүнэн анал байыаннай операцияҕа кыттарга сайабылыанньа биэриэххэ син буолла.