Госдуума ыам ыйыгар Удмуртия госсэбиэтин «О внесении изменения в статью 6.10 КоАП РФ» сокуон барылын көрүөҕэ. Докумуоҥҥа сокуоннай саастарын туола илик оҕолорго итирдэр уонна испиирдээх утаҕы, маны сэргэ мэйиини ииригирдэр састааптаах веществолары атыылааһыҥҥа саҥа накаастабыллары киллэрэр туһунан этиллэр. Иһитиннэриини «Известияҕа» Госдуума аппаратыгар уонна кэмитиэттэргэ бигэргэттилэр.
«Оҕо алкоголизма — кыһалҕа, хас да таһымнаах. Маны биир кэлимник тутан быһаарыллыахтаах. Сорох дааннайдарынан, Россияҕа биир сылга биир киһи арыгыны иһэрэ 5 л-н эбиллибит. Алкоголизм эдэримсийэр. Пиибэ бытыылката уонна сигарета тутуурдаах эрдэҕэс оҕолор мустууларын ким көрбөтөҕөй. Ким тохтотор маны, өскөтүн биһиэхэ оҕоҕо арыгыны атыылаһан биэрии иһин эппиэтинэс көрүллүбэт буоллаҕына», — диэтэ коррупцияны утарыыга уонна куттал суоһаабатыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Анатолий Выборнай.
Онон сокуон барылын ылынар уонна сокуоҥҥа ити көтүтүүнү киллэрэр туһунан этии саамай сөптөөх. Выборнай ыстыраабы 5 — 10 тыһ солк диэри улаатыннарар ордугун эттэ.