Госдуумаҕа элбэх оҕолоох тыа ыалларын судаарыстыбаннай өйөөһүн дьаһалларын туһунан сокуон барыла киллэрилиннэ. Докумуон федеральнай таһымҥа аан бастаан «элбэх оҕолоох тыа ыала» диэн өйдөбүлү бигэргэтэр уонна дойду үрдүнэн биир кэлим өйөбүл дьаһалларын туруорсар.
Көҕүлээһини ГД депутаттара Федот Тумусов, Михаил Делягин уонна Дмитрий Гусев оҥордулар.
Сокуон барыла икки тутаах федеральнай дьаһалы киллэрэр. Бастакыта — сэттэ сааһыгар диэри үс уонна онтон элбэх оҕону иитэр үлэлээбэт төрөппүттэртэн биирдэстэригэр үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ олоҕун алын кээмэйиттэн итэҕэһэ суох кээмэйинэн ыйдааҕы төлөбүр. Иккиһэ -ипотеканы төлүүргэ биир кэмнээх төлөбүр: үс оҕолоох ыалларга 25%, үс оҕолоох 50%, 4-7 оҕолоох 75% уонна аҕыс уонна онтон элбэх оҕолоох 100%.
Үбүлээһин федеральнай бюджеттан көрүллэр, регионнар федеральнай бюджеттан таһынан эбии дьаһаллары киллэриэхтэрин сөп. Төлөбүр туһунан информация Социальнай хааччыйыы биир кэлим судаарыстыбаннай информационнай систиэмэтигэр баар буолуоҕа.
Быһаарыы сурукка этиллэринэн, элбэх оҕолоох тыа ыалларын судаарыстыбаттан өйөөһүн ороскуот буолбатах, дойду инники кэскилигэр, демографическай уонна социальнай кыаҕыгар уһун болдьохтоох инвестиция.



