22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Горнай бибилэтиэкэтэ "Норуот бэйиэтин норуот ааҕар" өрөспүүбүлүкэтээҕи челлендж түмүгүн таһаарда

13:01, 30 марта 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Горнайдааҕы П.Д. Аввакумов аатынан Киин библиотека РСФСР А.М.Горькай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата, биллиилээх общественнай деятель, саха народнай поэта, талааннаах тылбаасчыт Семен Петрович Данилов 105 сааһыгар «Норуот бэйиэтин норуот ааҕар» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи челленджи тэрийэн ыытта. Барыта 200-чэ киһи кытынна.

Семен Петрович Даниловка анаммыт тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 10 улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан 183 киһи кыттыыны ылла. Чурапчы сэлиэнньэтин «Айылгы» култуура киинин «Эгэй-сэгэй» сахаэтнофитнес түмсүү, Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлү сэлиэнньэтин библиотекатын ааҕааччылара, Томпо улууһун кииннэмит библиотечнай ситимин үлэһиттэрэ, хайа-геологическай техникумун устудьуоннара, «Иэйии» ааҕар эйгэ түмсүүтэ, Теплай Ключ орто оскуолатын, «Дорожник» МФЦ үлэһиттэрэ, Анаабыр улууһун «Анаабыр алмаастара» АУо үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбыт, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтиттэн кэргэннии Титовтар, Таатта улууһун И.А.Аргунов аатынан Киин библиотека кэлэктиибэ, Дьохсоҕон нэһилиэгин «Алампа аатынан» норуот айымньытын дьиэтин М.А.Петров аатынан олохтоох библиотека «Мин Өксөкүм» ааҕар бөлөх, Уус Алдан Майаҕас нэһилиэгин олохтоохторо, Нам улууһун кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрин олохтоохторо, Уус-Майа улууһун норуот айымньытын култууратын киинэ, Р.И.Брызгалов аатынан тырааныспар техникумун устудьуоннара, Дьокуускай куоракка олорор горнайдар кытыннылар.

Горнай улууһун Солоҕон, Октябрьскай, Маҥаны, Мытаах, Кировскай уонна Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтоохторо бэйиэт хоһооннорун умсугуйан туран аахтылар. Улуус баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыларын управлениетын кэлэктиибэ бэйиэт «Үлэ» диэн хоһоонун ааҕыылара сэҥээриини ылла. Семен Данилов аатынан оскуола «Даниловтыы ааҕыыларын» лауреаттара «Нууччалыы мин билиим» хоһоонун үс омук тылынан аахтылар.

«Киэн туттар биир дойдулаахпыт, саха норуотун таптыыр бэйиэтэ Семен Данилов дойдутун, төрөөбүт айылҕатын, үлэһит дьонун-сэргэтин хоһуйбут поэзиятыгар араас идэлээх дьон кыттыста. Ол курдук булчут, сылгыһыт, норуот маастара, суоппар, музыкант, медик, учуутал, тутаааччы, биэкэр, урбаанньыт, фермер, библиотекарь, почтальон, хачыгаар, иистэнньэҥ, спортинструктор, культура, үөрэх эйгэтин, ис дьыала уорганын, айылҕа харыстабылын, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ», — диэн тэрийээччилэр Горнайдааҕы кииннэммит библиотечнай ситим уонна ПП.Д. Аввакумов аатынан Киин библиотека үлэһиттэрэ СИА-ҕа суруйдулар.

Түмүккэ бастыҥнар бэлиэтэннилэр.

Улуустарга:
— 1 миэстэ 34 кыттааччылаах Томпо улууһа.
— 2 миэстэ 13 кыттааччылаах Таатта улууһа.
— 3 миэстэ 11 киһилээх Чурапчы улууһа.

Нэһилиэктэргэ:
1 миэстэ — Солоҕон , 32 киһи.
2 миэстэ — Октябрьскай, 19 киһи.
3 миэстэ — Маҥаны, 8 киһи.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА