22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

ГИБДД сотрудниктара техниканы таҥыыга туттуллубут саппаас чаастары бэрэбиэркэлиэхтэрэ

11:25, 22 апреля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 22 — 30 күннэригэр ГИБДД сотрудниктара «Населенный пункт» профилактика тэрээһин ыытыахтара. Тыраахтыр, самоходнай массыына уонна мототырааныспар кыттыылаах суол быһылаана тахсыбатын сэрэтиигэ уонна туоратыыга сыалланан ыытыллар дьаһал буолар.

Ол туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи ИДьМ Госавтоинспекцията иһитиннэрдэ.

Тырааныспар бары көрүҥүн бэрэбиэркэлиэхтэрэ, ол иһигэр куттала суох буолуу ирдэбилигэр сөп түбэспэт, сапчаастартан таҥыллан оҥоһуллубут техниканы булар туһуттан нүөмэрдээх узеллары, агрегаттары тэҥнээн көрүөхтэрэ.

Ирдэбилгэ эппиэттээбэт тырааныспары ГИБДД тутар бырааптаах.

Маны сэргэ «Населенный пункт» дьаһал кэмигэр техниканы ыытарга бырааба суох киһиэхэ уруулу биэриигэ эппиэтинэс туһунан кэпсэтиилэри ыытыахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА