22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Гаастааһын: Көмө харчы кээмэйэ улаатта

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кэтэх дьиэлэри гаастааһыҥҥа көрүллэр биир кэмнээх аадырыстаммыт көмө 150 тыһ.солкуобайга диэри улаатта. Ол туһунан @sakhaparliament суруйда.

Көмөнү кыра дохуоттах ыалларга уонна биирдиилээн дьоҥҥо оҥороллор. Бу туһунан СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев быһаарыытынан, Бырабыыталыстыба 2022 сыл ыам ыйын 11 күнүнээҕи 268-с №-дээх уураахха уларытыылары киллэрдэ.

Ол курдук, биир кэмнээх аадырыстаммыт көмө Балаһыанньатыгар кэтэх дьиэлэри гаастааһыҥҥа көмө харчы кээмэйэ улаатта, хабар араҥата кэҥээтэ.

Хас биирдии бас билии дьиэтигэр көмө харчы 150 тыһ.солкуобайга тэҥнэстэ. Маны тэҥэ материальнай көмөнү туһанааччылар испииһэктэригэр соҕотох олорор үлэлээбэт пенсионердары киллэрдилэр. Ол эрээри кинилэр дохуоттара тииһинэн олоруу кээмэйиттэн, гаас холбонор кэмигэр, икки төгүл кыра буолуохтаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА