Бүгүн Эргэ Табаҕаҕа саҥа ФАП дьиэтэ аһыллар. Бу туһунан бэҕэһээ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова социальнай ситиминэн быһа тахсыытын кэмигэр иһитиннэрбитэ.
«Доруобуйа сыла үөрүүлээх тэрээһиннэртэн саҕаланар. Тохсунньуга өрөспүүбүлүкэҕэ барыта биэс ФАП дьиэтэ үлэҕэ киириэ. Маны таһынан, Дьааҥы Баатаҕайыгар саҥа поликлиника аһыллыа. Олохтоохторго бу улахан суолталаах тэрээһиннэр», — диэтэ миниистир.
Итини таһынан улуустарга онкология кииннэрин тэрийии үлэтэ барар. «Онкологическай көмө амбулаторнай киинэ былырыын Нерюнгрига аһыллыбыта, быйыл Алдаҥҥа киллэрэр сорук турар», — диэтэ Елена Борисова.
Онкология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын саҥа тэриллэр филиалларыгар миэстэтигэр онкология ыарыыларын быһаарыахтара, эмтиэхтэрэ, химиотерапияны ыытыахтара.