12 Ахсынньы 12.12
  • -42°
  • $ 103,27
  • 108,56

Эллэй хоһооннорун өрөспүүбүлүкэтээҕи ааҕыы күрэҕин түмүгэ таҕыста

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха норуодунай суруйааччыта Серафим Романович Кулачиков – Эллэй төрөөбүтэ 120 сылыгар анаммыт хоһоон ааҕыытыгар куонкурус түмүктэннэ.

«Туллукчаан» улуустааҕы оҕо библиотеката уонна А.П. Кулаковская аатынан Чычымахтааҕы модельнай библиотека тэрийэр «Сахам сирин историята Эллэй айымньыларыгар» бырайыак чэрчитинэн дьиэ кэргэнинэн уус-уран ааҕыы өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар Таатта, Хаҥалас, Ньурба, Үөһээ Бүлүү оройуоннарыттан кыттыыны ыллылар.

Дьиэ кэргэттэр бука бары үлэлэригэр санааларын ууран, айымньылаахтык, кыһамньылаахтык сыһыаннаһан аахпыттар. Дьүүллүүр сүбэ үлэлэри 3 бөлөххө арааран сыаналаата. Ол курдук:

Уһуйаан иитиллээччилэрэ — 1 кылаас оҕолоро бөлөххө:

1 м. — Ньурба оройуонун Быһыттаах нэһилиэгиттэн Саввиновтар дьиэ кэргэн, «Таптыаҕыҥ ийэни»;

2 м. — Таатта улууһун Туора Күөл нэһилиэгиттэн Бучугасовтар дьиэ кэргэн «Хаар»;

3 м. — Таатта улууһун Ытык Күөл нэһилиэгиттэн Егоровтар дьиэ кэргэн «Күөрэгэй».

3-4 кылаас оҕолоро бөлөххө:

1 м. — Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгиттэн Павловтар дьиэ кэргэн «Төрөөбүт дойдубар»;

2 м. — Үөһээ Бүлүү улууһун Оҥхой нэһилиэгиттэн Максимовтар дьиэ кэргэн «Саас»;

3 м. — Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгиттэн Кириллиннэр дьиэ кэргэн «Талыы кэрэ Сахам сирэ»;

3 м. — Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгиттэн Никифоровтар дьиэ кэргэн «Гастелло»;

5-8 кылаас оҕолоро бөлөххө:

1 м. — Хаҥалас улууһун Хоточчу нэһилиэгиттэн Варламовтар дьиэ кэргэн «Үлэ ырыата»;

2 м. — Таатта улууһун Чычымах нэһилиэгиттэн Ноеноховтар дьиэ кэргэн «Тааттаҕа»;

3м. — Таатта улууһун Уолба нэһилиэгиттэн Даниловтар дьиэ кэргэн «Элбээн эрэбит».

Бары оҕолорго, төрөппүттэргэ, салайааччыларга кыттыыгыт иһин махтанабыт, кыайыылаахтары истиҥник эҕэрдэлиибит. Грамоталар электроннай почтаҕа ыытыллыахтара, диэн тэрийээччилэр суруйдулар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА