Үс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыалларга ипотечнай кирэдьииттэрин сабалларыгар чэпчэтиигэ туһулумматыт сокуону Госдума дьокутааттара бу күһүҥҥү сессияҕа көрөр былааннаахтар. Сокуон ааптардара чэпчэтиини чааһынай дьиэ туттуутугар көрөр санаалаахтар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ ипотека сорох чааһын эбэтэр тобоҕун 450 тыһыынчаттан элбэҕэ суох иэһи 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри оҕоломмут дьон сабыахтарын сөп.
Ол эрэн ити көмөнү бэлэм дьиэ, сир учаастагын атыылаһыыга туһаныахха сөп. Чааһынай дьиэни ылыы бу чэпчэтиигэ суох диэн сокуону оҥорооччулар тоһоҕолууллар.
Ити чааһынай дьиэни туттуон баҕалаах дьону атахтыырын этэллэр. Ол иһин сокуон ааптардара дьиэ кэргэн уйгутун туруктаах оҥорор туһуттан, оҕо төрөөһүнүн элбэтэр сыалтан кирэдьиит сыалын кэҥэтэри этэллэр.