24 Алтынньы 24.10
  • -5°
  • $ 96,64
  • 104,38

Элбэх оҕолоох ыалга ипотекаҕа көрүллэр төлөбүр 2030 сылга диэри уһаата

15:09, 08 августа
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу сыл атырдьах ыйын 8 күнүттэн элбэх оҕолоох төрөппүттэр ипотекаларын сабалларыгар көрүллэр төлөбүрү бэрээдэктиир дойду Бырабыыталыстыбатын уурааҕа олоххо киирбит. Ол туһунан «Саха сирэ» саайт суруйар.

Арассыыйа 1,6 мөл. тахса дьиэ кэргэнэ судаарыстыба көмөтүнэн ипотекаҕа иэһин төлүүр кыахтаныаҕа.

Элбэх оҕолоох ыал ипотекаҕа иэһин уонна бырыһыанын сабарыгар көрүллэр 450 тыһ. солк. төлөбүр бырагыраамата быйыл от ыйын 1 күнүттэн тохтуохтаах этэ. Бэрэсидьиэн 2030 сылга диэри уһатыҥ диэн сорудахтаабыта.

Тустаах көмөнөн 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2030 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕолоро төрөөбүт ыал туһанар кыахтаах. Ону таһынан, кирэдьиит дуогабара 2031 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри түһэрсиллибит буолуохтаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА