23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Экстремаллар «Тымныы полюһугар» айаннаатылар

14:34, 24 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Экстремал айанньыттар Дьокуускай-Өймөкөөн хайысханан айаҥҥа туруннулар. Бүгүн кинилэри Орджоникидзе уулассатыттан үөрүүлээх быһыыга-майгыга атаардылар.

Айанньыттар Чурапчы, Таатта, Томпо улуустарынан тыһыынча км уҥуордаан Өймөкөөҥҥө 15 төгүлүн ыытыллар «Тымныы полюһа» фестивальга тиийиэхтэрэ.

Кинилэр албан ааттаах-суоллаах Халыма трассатынан айанныахтара.

Хотугулуу-илиҥҥи сиру-уоту, ол баайын баһылыырга уонна Магадан Нагаево пуордугар тахсарга анаан оҥоһуллубут Халыма трассатыгар элбэх киһи суорума суолламмыта история чахчыларыттан биллэр.

Тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ «Якутия» НТК дириэктэрэ Георгий Куркутов этэринэн, айан сырдатар, социальнай ис хоһоонноох. Оттон Тымныы полюһа сылын аайы аатырара-сураҕырара өссө кэҥээн, тэнийэн иһэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар