22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Экстремал айанньыт - Орто Халымаҕа

11:51, 01 апреля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ааспыт нэдиэлэҕэ Орто Халыма куоракка 31 саастаах Польша олохтооҕо Кшистоф Суховерский алларанан наар сатыы хааман уһун унньуктаах айанын түмүктээбитэ. Салгыы кини Үөһээ Халыма улууһугар диэри айан массыынатыгар олорсон айаннаабыта уонна Зырянкаттан үөһэнэн Дьокуускайга диэри көппүтэ.


Санатан эттэххэ, кини биһиги улууспутугар иккис сырыыта. Икки сыллааҕыта үс буолан Нерюнгриттан Аллараа Халыма Черскэйигэр диэри, салгыы Орто Халыма куоратыгар диэри велосипедынан кэлбиттэрэ. Ол курдук оччолорго олунньуга тахсан баран муус устар бүтүүтэ биһиэхэ кэлбиттэрэ. 55 кыраадыс тымныыга 3700 км айаннаан сыалларын ситиспиттэрэ.

Ити кэнниттэн экстремал-айанньыт иккиһин Орто Халымаҕа кэлэр баҕа санаатын ыһыктыбатах уонна быйыл соҕотоҕун сатыы туруммут. Бастакы сырыыларын кэнниттэн кинигэ суруйан таһаартарбыт.

Бу сырыытын туһунан кини маннык этэр: „Ис сүрэхпиттэн тартаран туран кэллим. Ханнык да кулууптарга, куруһуоктарга турбаппын. Тус бэйэм эрэ интэриэспэр сылдьабын. Халыма баай историятын кытта ыкса билсэммин бэйэм дойдум олохтоохторугар билиһиннэрэр баҕа санаалаахпын“.

Оттон уйаар-кэйээрэ биллибэт киэҥ ньуурдарынан, аар тайҕаларынан хааман иһэн куттал санаата үөскээбэт дуо, диэн ыйытыыга: „Суох, улаханнык куттамматаҕым. Арай, адьырҕа кыллары көрсүөм диэн дьиксинэ саныырым. Ааспыт сырыыга кэлэн иһэн аара булчут үүтээннэрэ элбэхтэрин бэлиэтии көрөн, бу сырыыга эрэллээхтик хаампытым. Онон булчуттарга махталым муҥура суох“.

Саамай кытаанах хаамыытын кини бу курдук ахтар: „Хас биирдии күнүм умнуллубат. Ол да буоллар киһи хабарҕатынан түспүт халыҥ хаары хаһан да умнуом суоҕа. Орто Халымаҕа чугаһаан иһэн Конзабойтан Үөһээ Кириэстээххэ диэри тобурах хаарынан барарга эрэйи көрсүбүтүм. Хайыһардарым батыллан иһэллэрэ, таһаҕспын соһон иһэр салааскам эмиэ ыйааһыныттан кэннибэр тарда сытара. Илиилэрим, атахтарым тоҥмуттара аҕай. Ону ол диэбэккэ бастакы турар үүтээҥҥэ диэри хаамар-сыылар икки ардынан тиийбитим“.

Бу курдук мүлчүргэннээх сырыыларын туһунан Кшистоф санаатын үллэһиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар