РФ президенигэр Саха сирин бастайаанай бэрэстэбиитэлистибэтигэр «Мамонт — достояние российской Арктики» төгүрүк остуол буолла. Тэрээһиҥҥэ сиртэн хостонор баайы научнай чинчийиигэ сүрүннүүр экспертэр, сэлии муоһун-уҥуоҕун хостооччулар, муос оҥоһугун искусствотынан дьарыктанааччылар уонна бу салааны киэҥ араҥаҕа таһаарааччылар кыттыыны ыллылар.
Мунньахха Арктикаҕа ураты экологическай систиэмэни харыстыыры уонна нэһилиэнньэ үчүгэй олоҕун үрдэтиини тэҥҥэ тутан, сэлии муоһун-уҥуоҕун эргитии эйгэтин сайдыытын дьүүллэстилэр.
Бэрэстэбиитэл бастакы солбуйааччыта Александр Сафронов бэлиэтээбитинэн, сэлииини кытта сибээстээх дьаһалларга интэриэс «Россия» быыстапка-пуорумугар дьон кыттыытын кытта сибээстээх. Кини наука сүрүн оруолу ыларын эттэ.
«Россия президенэ Арктиканы сайыннарыы тосхолугар тэрээһиннэр былааннарын бигэргэппитэ. Докумуоҥҥа киирбит биир дьаһалынан, Саха сиригэр аан дойдутааҕы таһымнаах киин арыллыыта буолар, «Север» НОЦ инфраструктурнай бырайыакка киирсэр. Бу да көрдөрөр, палеонтология наукаҕа биир туспа хайысханы ылара», — диэтэ кини.
Сиһилии: https://ysia.ru/eksperty-obsudili-prodvizhenie-obraza-mamonta-kak-simvola-arktiki/