19 Муус устар 19.04
  • $ 94,09
  • 100,53

Экэнэмиичэскэй форум: Саха сиригэр гаас уматыгы оҥоруу саҥа таһымҥа тахсыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ уонна  «Газпром СПГ технологии»  хампаанньа Санкт-Петербурдааҕы  экэнэмиичэскэй форумҥа  Саха сиригэр  ыгыылаах гааһы оҥорууга (СПГ) бииргэ үлэлииргэ  анал Сөбүлэһии түһэристилэр.  Сөбүлэһии докумуонугар  Ил Дархан  Айсен Николаев уонна «Газпром СПГ технологии» ХЭУо дириэктэрдэрин Сэбиэтин  бэрэссэдээтэлэ Алексей Кахидзе илии баттаатылар, суруйар «Эдэр Саас» сайт.

Докумуоҥҥа ыйылларынан  Саха сиригэр тимир көлөҕө туһаныллар гаас уматыгы оҥорорго аналлаах  оҥорон таһаарар инфраструктураны тэрийии буолар.  Бу олоххо киирдэҕинэ, Саха сиригэр гаас уматыгы оҥоруу кээмэйэ лаппа улаатыаҕа.

«Саха сиригэр гаас уматыгы оҥорорго аналлаах инфраструктураны тэрийии  улахан сыалынан-соругунан буолар. Бүгүҥҥү тустаах тэрээһин түмүгүнэн  Саха сиригэр гаас уматыгы оҥоруу лаппа тэтимириэ уонна сайдыаҕа. Иккиһинэн,  ыгыылаах гааһы  гаас ситимиттэн ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга тиэйэр кыахтанабыт», – диэн  Айсен Николаев этэр.

«Хампаанньа тустаах оҥорон таһаарар инфраструктураны оҥорууга, тутууга балай эмит уопуттаах. Баар кыахпытын туһанан үлэлиэхпит», — диэн «Газпром СПГ технологии» ХЭУо дириэктэрдэрин Сэбиэтин  бэрэссэдээтэлэ Алексей Кахидзе быһаарар.

Санатар буоллахха, билигин  Саха сиригэр сылга 12 тыһ. туонна  ыгыылаах гааһы оҥорор собуот үлэлиир. Кэлэр сылларга ити кээмэй 30-40 тыһ. туоннаҕа диэри улаатыахтаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА