22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Халыма сэлиэнньэтигэр уларытан оҥоһуллубут хотону арыйдылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Халыма сэлиэнньэтигэр өр кэм быраҕыллан турбут, быйыл саҥардыллан тутуллубут хотону, сэтинньи 4 күнүгэр арыйдылар.

Хотон дьиэтэ 1990 сыллардааҕы тутуу, «Верхнеколымскай» сопхуос туппута. Ити эрээри сойуус ыһыллыытыгар тохтоон баран, кураанахсыйан турбута. Онтон олох да туһата суоҕунан ааҕыллыбыта. Быйыл хотону чөлүгэр түһэрэр туһунан быһаарыы ылынан үлэ барда.

Хотон «Оралчинмай» көс родовой община производственнай кээпэрэтиибигэр бэрилиннэ.

Балаҕан ыйыттан «Оралчинмай», Үөһээ Халыма улууһун администрациятын, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын күүстэринэн хотону чөлүгэр түһэрии үлэ саҕаламмыта.  50 төбө сүөһүгэ анаммыт.

««Оралчинмай» 2007 сылтан үлэлиир, бэрэссэдээтэл – Андрей Ларионов. Сүрүн дьарыктара булт, эбии 20 хайысханы тутан үлэлииллэр, ол иһигэр сүөһү иитиитэ. Билигин хаһаайыстыбаҕа 46 төбө сүөһү баар», — диэтэ миниистир солбуйааччыта Прокопий Николаев.

Саҥардыллан тутуллубут хотоҥҥо түөрт үлэһиттээх, кыстыкка 84 туонна оттоох.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА