Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ дамба оҥоһуута олохтоохторго сүрүн суолталаах диэн эппитэ. Бүтэһик уон сылга биэрэк сиҥнэн, дэриэбинэ өттүгэр 60 миэтэрэ сыҕарыйда. Кутталлаах балаһыанньаҕа дьиэлэр уонна социальнай эбийиэктэр киирэллэр. Онон биэрэги бөҕөргөтөр үлэлэр бу кыһалҕаны суох оҥоруохтаахтар.
Муус ааспытын, уу тахсыбытын кэнниттэн хамыыһыйа ыытыллыбыт үлэни көрдө. Хос, ситэрэн оҥоруу ирдэнэрин быһаарда. Ыйыылары туоратыы кэнниттэн, эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ.
Оҥоһуллар биэрэк уһуна 2856 погоннай миэтэрэ, үрдүгэ – 12,8 миэтэрэ. Барыта 118 000 куб кумах, 26 000 куб кумах-таас буккадыһыга, 28 000 кубов хайа буора, 66 200 кв м геоспан матырыйаал туттулунна.
Үбүлээһинэ «Воспроизводство и использование природных ресурсов» федеральнайдааҕы бырагырааманан көрүлүннэ.