22 Сэтинньи 22.11
  • -27°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүү оройуона оттооһун былаанын 88% тириэртэ

12:12, 20 сентября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүү улууһугар балаҕан ыйын 19 күнүнээҕи туругунан уопсайа 20 212 га иэннээх сир охсуллан, 21 126 тонна от бэлэмнэннэ. Онон оттооһун былаана 88,0 % тэҥнэстэ. Бу туһунан улуустааҕы Тыа хаһаайыстыбатын Департамена иһитиннэрдэ.


Оттооһун былаанын бэлиэр Маҥаас, Далыр нэһилиэктэрэ толордулар.

Бэриллибит былааҥҥа кыранан тириэрдибэккэ, билигин күүскэ ылса сылдьаллар Өргүөт, Кырыкый, Хоро, Хомустаах, Быракаан, Балаҕаннаах уонна Нам нэһилиэктэрэ. Маныаха Сургуулук (990 т – 90,0%), Туобуйа (620 т – 88,6%), Ороһу (1789 т – 87,3%), Мэйик (1075 т – 86,0%), Дүллүкү (1691 т – 84,6%), Боотулуу (1750 т – 83,3%) тилэх баттаһа былааны толорордуу иһэллэр.

Намыһах көрдөрүүлээх нэһилиэктэр: Харбалаах нэһилиэгэ 651 гааттан 503,5 тонна оттоох (67,1%), Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ 371 га иэннээх сиртэн 437 т. оту бэлэмнээн олорор, бу 72,8% тэҥнэһэр. Оҥхой нэһилиэгэ 739 тонна оту 1125 га иэннээх сиртэн ылан, бэриллибит былаантан 73,9% оҥорон олорор. Кэнтик нэһилиэгэ 79,0%-на 869 тоннаҕа тэҥнэһэр, бу 1062 га иэннээх сир охсуллубут.

Онтон балаҕан ыйын 15 күнүнээҕи туругунан, намыһах көрдөрүүлээхтэр ахсааннарыгар Үөдүгэй киирбит эбит буоллаҕына, бу нэдиэлэ саҕаланыытыгар ортоку күөҥҥэ биллэ таҕыста. Ол курдук, 595 га иэннээх сиртэн 680 тонна ылан, былаан 85,0% оҥордо.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА