«Саха тылын сүмэтин сүтэрбэт туһугар Олоҥхону үөрэтиэххэ».
Бу туһунан Үөһээ Бүлүүгэ кэпсэтиэхтэрэ. «Үөһээ Бүлүү с.» МТ, СӨ «Олоҥхо» Ассоциацията, ХИФУ Олоҥхону үөрэтэр института, «Төрөөбүт тыл» уопсастыба олунньу 18-19 күннэригэр «Олоҥхо тыла — Ийэ тыл» өрөспүүбүлүкэтээҕи форуму тэрийэр.
Ийэ тыл барҕа баайын илдьэ сылдьааччылар филология наукатын кандидата М.П. Алексеев-Дапсы, филология наукатын доктора, ХИФУ профессора И.Е. Алексеев-Хомус Уйбаан кыттыыны ылыахтара.