25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,13
  • 98,71

Үөһээ Бүлүү историята архыып докумуоннарыгар 1941 сыллаахтан түмүллэр

18:01, 11 марта 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Аҕа Дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыт сылыгар, 1941 сыллаахха кыһын ахсынньы 1 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар НКВД оройуоннааҕы отделын иһинэн судаарыстыбаннай Архыып тэриллибитэ, суруйда https://www.instagram.com/uohee1/


Үөһээ Бүлүү архыыбыгар бастакы сэбиэдиссэйинэн милиция лейтенана М.Корнилова анаммыт. Кини 1943 сыл олунньу 17 күнүгэр диэри үлэлээбит. Онтон сэрииттэн кэлээт, Георгий Никифоров 1943 сылтан үлэлээбит, кини кэнниттэн уһун кэмҥэ 1954 сыл муус устар 6 күнүгэр диэри Филиппов Яков Иванович үлэҕэ ананан, элбэх докумуону хомуйан, СӨ Национальнай Архыыбыгар туттарбыт.

Яков Иванович хомуйбут Үөһээ Бүлүү оройуонун  олоҕун хабар 1920-1948 сыллардаах 8318 дьыала бэриллибит. Бу докумуоннар истэригэр Далырдааҕы Иннокентьевскай таҥара дьиэтин 1975-1915 с.с., Үөһээ Бүлүүтээҕи Инороднай Управа 1898-1917 с.с., Үөһээ Бүлүү Ситэриилээх Комитетын 1924-1929 с.с., “Саҥа Олох” диэн Ороһу сельсоветын 1928-1947 с.с, Прокуратура 1937-1945 с.с., НКВД 1937-1943 с.с. о.д.а. араас 31 тэрилтэттэн бааллар.

Хаартыскаҕа көстөр Боотулуу нэһилиэгин 1935 сыллааҕы хаһаайыстыбаннай кинигэтэ улуус архыыбын пуондатыгар харалла сытар. Архыыпка 1935 сылтан саҕалаан түмүллүбүт докумуоннар бааллар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА