22 Сэтинньи 22.11
  • -22°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүүгэ саҥа аэропорт дьиэтин астылар

17:01, 10 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүүгэ саҥардыллыбыт аэропорт дьиэтин аһыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла. Ил Дархан Айсен Николаев магистральнай инфраструктураны кэҥэтии, бөҕөргөтүү биир кэлим былаанынан саҥардыллыбыт бастакы эбийиэк өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталааҕын эттэ.


Аэропорду магистральнай инфраструктураны 2024 сылга диэри кэҥэтии, бөҕөргөтүү биир кэлим былаанын чэрчитинэн «Региональнай аэропортары, маршруттары сайыннарыы» бырайыагынан саҥардыбыттар. Үлэ 2019 — 2020 сылларга барбыт. Барыта 283,3 мөл солк харчы ороскуоттамыт.

Саҥа дьиэ чааска 35 киһини аһарар кыахтаах. Манна буфет, оҕо уонна ийэ хоһо, досмотр зоната, тутуллубут таһаҕаһы харайар хос итиэннэ кэтэһии саалата бааллар. Саҥа уматык ыскылаатыгар 240 кубометр уматык хараллыан сөп.

Урут айанньыттар 1961 сыллааҕы тутуу дьиэнэн көтөллөрө. Уматык ыскылаата эмиэ туһаттан тахсыбыт. Ити икки дьиэни көтүрэн саҥа ирдэбилгэ эппиэттэһэр дьиэлэри туттулар.

«Аэропорты Севера» тэрилтэ филиала III-IV кылаастаах Ан-26, Ан-24, Л-410 сөмөлүөттэри, бөртөлүөттэри, улуус иһигэр Ан-2, Ми-8 көтөр ааллары көтүтэр.

Быйыл үөһээ ыйыллыбыт бырагырааманан Өлүөхүмэ, Эдьигээн, оттон 2022 сылга Нерюнгри, Бүлүү куораттарын, Сангар, Үрүҥ Хайа, Депутатскай, Хандыга бөһүөлэктэрин аэропортара тутуллуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА