21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Үөһээ Бүлүүгэ наука, спорт уонна култуура эйгэтин үлэһиттэрэ ыалдьыттаатылар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэҕэһээ улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар спорт, култуура, наука эйгэтин үлэһиттэрин кытары суолталаах көрсүһүү буолан ааста, диэн Үөһээ Бүлүү телеграм-ханаала иһитиннэрэр.

Ол курдук, бу күннэргэ улууспутугар регионнааҕы талааннаах оҕолору көрдүүр уонна өйүүр киин көҕүлээһинэн, спортивнай резервэни бэлэмниир өрөспүүбүлүкэтээҕи киин үлэһиттэрэ, Музыка Үрдүкү оскуолатын уонна Дьоҕус билим Академиятын уһуйааччыларын делегацията кэлэн барда. Кинилэр икки күн иһигэр билиилэрин үллэһиннилэр, талааннаах оҕолору көрдөөтүлэр. Ыалдьыттар Үөһээ Бүлүү уонна Хоро нэһилиэктэригэр сырыттылар. Үөрэх экспедициятын тэрийээччилэрэ эрдэ 11 улууһу кэрийэн кэлбиттэр.

Делегацияҕа киирэр, хас биирдии тэрилтэ оҕо талаанын арыйар, салгыы сайыннарар сыаллаах кэлбит. Икки күннээх үөрэххэ, уопсайа 790 оҕо сырытта, 400-тэн тахса оҕо наука хайысхатыгар кыттыыны ылла. Дьоҕус билим Академия уһуйааччылара «Маннык элбэх оҕо хайа да улууска муста илик», —  диэн үөрэн туран биэлэтээтилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА