22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бүлүүгэ мультимедийнай ааҕар саала атырдьах ыйыгар үлэтин саҕалыа

12:55, 07 июня 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр 405 кв.м. иэннээх библиотека дьиэтэ 1978 сыллаахха тутуллубута. Дьиэ кыараҕаһынан, ааҕааччыны түмэр улахан саалата суоҕунан, 2013 сыллаахха сыһыары 120 кв.м. иэннээх тутуу саламмыта.


Саҥа тутуу элбэх функцияны толоруохтаах, тэҥинэн алта ааҕааччыга анаммыт интэриниэт ситимигэр холбоммут туспа комьютернай хостоох буолар. Маннык сонун мультимедийнай ааҕар саала өрөспүүбүлүкэҕэ тыа сиригэр аан бастакынан биһиги улууспутугар тутулунна.

Бу туһунан киин библиотека сэбиэдиссэйэ Наталья Петрова кэпсиир:

Бу сонун хайысхалаах ааҕар саала элбэх функцияны толоруоҕа, барыта интэрниэт ситиминэн. Манна араас кэпсэтиилэр, конференциялар, көрсүһүүлэр ыытыллыахтара. Бу күннэргэ РФ Культуратын министиэристибэтин бырагырааматыгар киирэн, Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека Россия биир саамай улахан «Омук литературатын судаарыстыбаннай библиотекатын» кытта бииргэ үлэлээһиҥҥэ илии баттаһан, интэриниэт нөҥүө кинилэр электроннай кинигэрин босхо ылары ситистибит. Онон ханнык баҕарар кинигэни, литератураны хачайдаан ылан ааҕар кыахтаныахпыт.

Маны сэргэ, бу ааҕар саала иһинэн 2017 сылга буолуохтаах Манчаары оонньууларыгар «Пресс-киин» арыллан, Үбүлүөйдээх Спартакиадаҕа кэлбит суруналыыстар мустан үлэлиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА