Сааскы халаан уутугар диэри Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин аннынан Бүлүү эбэ биэрэгин бөҕөргөтүү бүтүөхтээх. Ол туһунан уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын салайааччытын солбуйааччыта Наталия Сологуб эттэ, суруйар Росводресурс пресс-сулууспата.
Росводресурс тэрилтэ 3,5 млрд солк 2024 сылга «Защита от наводнений и обеспечение безопасности ГТС» бырайыак чэрчитинэн 19 эбийиэги салгыы тутууга ыытта.
Билигин үлэтэ түмүктэнэрэ чугаһаабыт Бүлүү эбэ биэрэгин бөҕөргөтүү баар, Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин аннынан. Манна 2022 сылтан үлэ ыытыллар.