“Золотые семьи Якутии” 2019 сыллааҕы таһаарыыта, пандемия мэһэйдээн, улуустарга саҥа тириэрдиллэр. Үлэ министиэристибэтэ уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн гражданскай турук аактатын толорор управление көҕүлээһиннэринэн уонна үбүлээһиннэринэн Саха сиригэр 50 сыл бииргэ олорбут дьиэ кэргэттэр кинигэҕэ киллэриллэллэр.
“Саха сирин кыһыл көмүс дьиэ кэргэттэрэ” диэн үйэ аҥара бииргэ олорбут кэргэнниилэр олохторун-дьаһахтарын сырдатар серия олохтонуоҕуттан бу алтыс кинигэ күн сирин көрдө.
Алтыс кинигэҕэ Эдьигээн оройуонуттан түөрт дьиэ кэргэн киирдэ: Людмила Митрофановна уонна Алексей Капитонович Васильевтар, Николай Иванович уонна Елизавета Михеевна Петровтар, Иннокентий Егорович уонна Дария Николаевна Романовтар, Ульяна Васильевна уонна Еремей Елисеевич Ханчаевтар.
Бу дьоһун ыаллар тустарынан Людмила Сивцева, Ульяна Колосова, Акулина Харбаева суруйбут ыстатыйалара кинигэҕэ киллэриллибит, «Эдьигээн Соннунара» хаһыат суруйар.