25 Муус устар 25.04
  • -4°
  • $ 92,51
  • 98,91

Эдэр ийэлэргэ көрүллэр төлөбүрдэр

15:01, 21 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ Үлэҕэ министиэристибэтэ эдэр ийэлэргэ көрүллэр төлөбүрдэр тустарынан итиэннэ пандемия кэмигэр көмө харчы туһунан быһаарар.   


  Эдэр ийэлэргэ көрүллэр төлөбүрдэр:

  • Официальнай үлэлээх эдэр ийэ оҕотун көрөн олорор кэмигэр оҕотугар көрүллэр босуобуйаны үлэлиир сириттэн ылар, атыттар – олорор сирдэринэн социальнай харалта тэрилтэлэриттэн. 2020 сылтан дьахтар 322 191,80 солкуобайтан элбэҕи уонна 55 830,60 солкуобайтан аҕыйаҕы ылыа суохтаах. Хамнас алын кээмэйиттэн ааҕыллар босуобуйа регион коэффициенын учуоттаан төлөнөр.
  • Оҕо төрөөһүнүгэр биир кэмнээх төлөбүр 2020 сылга хаһыс оҕотуттан тутулуга суох 18 004,12 солк тэҥнэһэр.
  • Оҕо балтараатыгар диэри көрүллэр ыйдааҕы босуобуйа. Төлөбүр кээмэйэ хамнас орто кээмэйиттэн тутулуктаах. Үлэлээбэт ийэлэр биир кээмэйдээх, сокуонунан бигэргэммит төлөбүрү ылаллар. 2020 сылга бастакы оҕоҕо саамай кыра босуобуйа 3375,77 солк тэҥэнэһэр, атыттарга — 6751,54 солк. Үлэлээх дьахталлар хаһыс оҕотуттан тутулуга суох 27 984,66 солкуобайтан элбэҕи ылбаттар.
  • Оҕо үс сааһыгар диэри көрүллэр босуобуйа. 01.01.2018 сыл кэннэ төрөөбүт бастакы эбэтэр иккис оголорго судаарыстыба ыйын аайы эрэгийиэҥҥэ тиийинэн олоруу алын кээмэйин төлүүр. Бу дьиэ кэргэн биир киһиэхэ дохуота тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн икки төгүл кыра буоллаҕына төлөнөр.
  • Ийэ хапытаала. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн ийэ хапытаалын бастакытын төрөппүт буолбут дьон ылар кыахтаммыттара. Маны таһынан хапытаалы урут харчыны ылбатах иккиһин, үсүһүн оҕоломмут дьон ылар. 2020 сылга бастакытын оҕоломмут дьон 466 617 солк ылаллар. Иккис, үһүс оҕоҕо 616 617 солк. Өскөтүн 2020 сылтан ыалга икки оҕо төрөөбүт эбэтэр иитэ ылбыт буоллахтарына иккис оҕоҕо 150 000 солк көрүллэр.

Пандемия кэмигэр көрүллэр көмө:

5000 солк үс сааһыгар диэри оҕолорго.

1.04.2017 — 30.06.2020 кэмҥэ төрөөбүт оҕолорго муус устар, ыам, бэс ыйыгар биэстии тыһ харчы көрүллэр.

3 – 16 саастарыгар диэри оҕолор 10 000 солк биир кэмнээх көмө харчыны ылаллар.

16-гар диэри саастаах оҕолорго эбии көмө харчы. 2020 сыл от ыйыттан 11.05.2004 — 30.06.2020 төрөөбүт оҕолорго саҥа 10 000 солк көмө харчы көрүллэр.

3 — 7 саастаах оҕолорго ыйдааҕы төлөбүр.

Кыаммат ыал оҕолоругар тиийинэн олоруу алын кээмэйин аҥарын төлүүллэр.

2020 сыл бүтүөр диэри үлэтэ суох дьоҥҥо ыйдааҕы төлөбүр 8000-тан 12 130 солк диэри үрдээбит. Босуобуйа кээмэйэ уурайыы биричиинэтиттэн, ыстаастан, үлэлээбит сиригэр хамнас орто кээмэйиттэн тутулуктаах.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар