22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Эдэр дизайнердар «Технология моды» компетенцияҕа кытталлар

Фото: Институт развития профессионального образования Якутии
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Айар уустар» креативнай индустрия колледжыгар «Профессионалы — 2023»чемпионат былаһааккатыгар «Технологии моды» компетенцияҕа күрэхтэһэллэр. Эдэр дизайнердар былааччыйа тигиэхтээхтэр.

Хатас оскуолатын үөрэнээччитэ Виталина Сивцева эппитинэн, иистэнии — дьиэ кэргэн дьыалата.

— Ийэм, эбэм иистэнэллэр. Кинилэри көрөн тигии хоббим буолбута, бэһис кылаастан дьарыктанабын. Баҕар дизайнер буолуоҕум улааттахпына. Профессиональнай маастарыстыба чемпионатыгар бу бастакы кыттыым буолбатах. Кыайыыга эрэллээхпин, — диэтэ кыыс.

«Профессионалы — 2023» идэҕэ маастарыстыба чемпионатын чэрчитинэн ыытыллар. Үлэ ырыынагар наадалаах исписэлиистэр бу күннэргэ бэйэлэрин билиилэрин уонна сатабылларын көрдөрөллөр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА