Оҕону норуотун сиэригэр-туомугар, култууратыгар, тылыгар иитэр, сыһыарар сыаллаах-соруктаах «Эвинек» бырааһынньыга Эбээн-Бытантай улууһугар «Хаарчаана» оҕо уһуйааныгар сыллата ыытыллар.
Бырааһынньык үөрүүлээх параадынан саҕаланна. Уһуйаан иитиллээччилэрэ, төрөппүттэр, үлэһиттэр национальнай таҥас кэтэн оҕолорун кытта кэлбиттэр. Өбүгэлэрбит тымныы кыһыны кытта туруулаһан, этэҥҥэ туораан сандал сааһы, күнү уруйдуу көрсөллөрүн «Уһуктуу» туруоруунан кырачааннар көрдөрдүлэр. «Омук быһытынан уратыбытын, эбээн фольклорун, сиэрин-туомун, култууратын оҕо кыратыгар ордук кэбэҕэстик ылынар, иҥэринэр диэн чопчу сыал-сорук туруорунан бу тэрээһини ыыттыбыт», — диэн иитээччилэр, төрөппүттэр кыттыгас бырайыактарын туһунан кэпсииллэр.
Кып-кыракый дьон уобараска киирэн, уолаттар улахан киһилии дьоһуннук туттан, кыргыттар нарыннык кынталдьыһан олус кэрэ эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрдүлэр. Эбээннии бүлүүдэ күрэҕэр өбүгэлэрбит астарын астаан аҕалбыттара, көрүҥэ элбэҕэ сөхтөрдө. Национальнай таҥас күрэҕэр эбээн норуотун таҥаһа олус сиэдэрэйэ, ураты кэрэ көстүүлээҕэ көһүннэ. Түгэһиирдии оһуору түүнэн олус ураннык, нарыннык эдэр ийэлэр тикпиттэрэ удьуор утума салҕанарын кэпсииргэ дылы. Спортивнай оонньуулар түһүмэхтэригэр кыракый кыргыттар килбиктик, уолаттар хотугу хоһуун буолалларын көрдөрөн кыттаннар, күүстэрин-уохтарын, сымсаларын көрдөрдүлэр.
Түмүктүүр чааска мустубут дьон бары һээдьэ эйээркэй тыыныгар уйдаран, биир киһилии үктээн, эбээн омукпут дьону түмэр, санаатын көтөҕөр, үрүҥ күнү уруйдуур үҥкүүтүгэр астына-дуоһуйа эргийдилэр.