22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Эбээн-Бытантай ийэлэрэ граннарга кыттар баҕалаахтар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Эбээн-Бытантай национальнай улууһун дьахталларын «Холумтан» сэбиэтэ «Ийэлиин бииргэ барытын сатыыр кыахтаахпыт» диэн бэстибээл-дьаарбаҥка ыытта. Сонун тэрээһин буолла.


Эбээн-Бытантай улууһун дьахталларын түмэр салайааччы Дария Малышева эппитинэн, «Ийэлиин бииргэ барытын сатыыр кыахтаахпыт» бэстибээл-дьаарбаҥка хас да сиринэн ыытылынна. ЭКК «Гарпан», Айар дьиэ, балыыһа уонна да атын дьон сылдьа үөрэммит, дууһалара сытар миэстэлэригэр буолуталаатылар.

Инникитин тэрээһини үгэскэ кубулутар уонна ис хоһоонун өссө үчүгэйдик чочуйан биэрэр баҕалаахтарын иһитиннэрдэ.

Айар дьиэҕэ талааннаах дьон муһунна. «Иис кыһата» диэн түмсүү үлэлэрэ туруорулуннулар. Салайааччы Елена Васильева хаһыс да сылын дьону түмэн, үөрэтэн дьарыктыыр, манна араас матырыйаалтан оҥоһуктара киирдилэр. Иискэ үөрэниэн баҕалаахтар манна дьарыктаныахтарын сөп. Сааһынан  хааччах суох.

Социальнай көмүскэл тэрилтэтэ эмиэ туора турбата. А.П. Архипова «Мать и дитя» кумахха уруһуй, С.Н. Ермолаева «Добрая страница» акварель кырааскынан арт-терапияны ыыттылар. Бу хайысха үлэтин сүрүн сыала оҕо ийэтиттэн ситимэ арахсыа суохтааҕын туһунан. Кинилэр психологтар, бэйэлэрин дьыалаларын билэр, сатыыр исписэлиистэр буолаллар. Маны таһынан тренинг, маастар-кылаастары ыыттылар.

«Гарпан» этно-култуурнай кииҥҥэ улуустааҕы Оҕо киинин «Маранга» уруһуй куруһуок салайааччыта Мир Слепцов графика техникатыгар маастар-кылаас биэрдэ.

Доруобуйа харыстабылын хайысхатыгар балыыһа үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кытыннылар. Мария Прокопьева хамсааһыны өйөөн, кэлбит дьону ЭКГ чинчийиитин ыыттылар уонна грипп ыарыыны утары быһыыны туруордулар.

«Хаарчаана» оҕо уһуйаанын идэлээх үлэһитэ «ыйааһыннаах оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ комплекснай көмө» бырайыак сүнньүнэн дьиэнэн сылдьан көмөлтө ыытта, сүбэ-ама биэрдэ.

— «Бессмертный материнский подвиг» диэн бырайыак саҕаланна диэтигит дии. Бу туһунан кэпсии түс.

— Бырайыак Улуу Кыайыы 75 сылыгар туһаайыллан ыытыллар, бу сүнньүнэн саастаах ийэлэрбитигэр аналлаах сыл устата араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Доруобуйа харыстабыла эрэ буолбакка, нэһилиэк култуурунай олоҕор сыһыарыы буолар. Холобура, бу бэстибээлгэ «Иис кыһата», «Үпэндьэл» кыттыылаахтара муода көрдөрүөхтээхтэрэ, кинилэр үлэлэрэ олус элбэх. Ол эрэн, бириэмэбитин сатаан аттарбакка, баттаспатыбыт. Эһиил барытын мүнүүтэттэн мүнүүтэҕэ диэри ааҕан быйылгы алҕастарбытын көннөрүөхпүт.

— Туох уустуктарын көрсөҕүтүй?

— Быһаарыыга турар соруктартан биирдэстэрэ спонсор суоҕа буолар. Холобур, боростуой махтал сурук да таһаарарга, рамкалыахха, сэмэй бэлэх ылыахха наада. Ол иһин, маннык курдук тэрээһиннэри буоллун-хааллын диэн оҥорбокко буола сатыыбыт. Кэнники тэрилтэлэргэ квота курдук биэрээри гынабыт. Тоҕо диэтэр, хас биирдии тэрилтэ аайы үлэлээн-хамсаан, кылаат киллэрбит биэнсийэҕэ  тахсан олорор ийэлэр бааллар. Кинилэри чиэстииргэ тэҥҥэ үлэлэстэхпитинэ бэрт буолуо этэ. Онтон көмөлөһүөхтэрин баҕалаах тэрилтэлэр миэхэ хайаан да таҕыстыннар, биһиги үөрүүнү кытта тэҥҥэ утары баран үлэлэһиэхпит.

Бэйэбит баҕа санааларбытыттан биирдэстэрэ гранҥа киирсиэхпит этэ диэн. Бу боппуруоска сүбэлэһэ сылдьыбыппыт. Биһиги тэрилтэбит «некоммерческай» буолуохтаах. Ол эбэтэр, олохтооччу докумуоннарбытын уларыттахпытына биирдэ киирсэр кыахтанабыт. Урут араас тэрээһиннэргэ бириис ыларга, тэрийии боппуруостарыгар сэбиэт чилиэннэрэ харчыннан кыттыһар этибит.

— Инники былааҥҥыт?

— Бу сыллааҕы былааммыт өрөспүүбүлүкэ дьахталларын сэбиэттэрин былааннарыгар олоҕуран оҥоһуллан турар. Ийэлэргэ эрэ анаан диэн буолбакка, оҕолорго, аҕаларга, уопсайынан дьиэ кэргэҥҥэ уонна дьиэ ис туругун өрө тутар сыаллаах-соруктаар тэрээһиннэр буолаллар.

Холобура, эдэр саҥа оҕоломут ийэлэр уопсастыбаттан тэйбэт буолалларыгар, ытык кырдьаҕастар эбии дьарык булуналларыгар, оҕолор кыра эрдэхтэриттэн уопсастыба систиэмэтин өйдөөһүннэрэ хаҥыырыгар уонна да атын тэрээһиннэр.

Ааптар: Илана Колесова, «Бытантай уоттара» хаһыат, Эбээн-Бытантай улууһа

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА