19 Кулун тутар 19.03
  • -10°
  • $ 91,98
  • 100,24

Эһиил оҕо босуобуйата 31 200 солкуобайга диэри үрдүөҕэ

18:57, 18 октября 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Маҥнайгы оҕоҕо босуобуйа 2022 сыл олунньутуттан 5,8% үрдүөҕэ. Онон оҕону көрөргө көмө төлөбүр алын кээмэйэ 7493 солк.  үрдээбитэ 31 282 солк. буолуоҕа. Бу туһунан Счетнай балаата «2022-2024 сыллардааҕы Социальнай страхование пуондатын бүддьүөтүн былааныгар”  киллэрдэ, диэн ТАСС https://tass.ru/ekonomika/12686317 биллэрэр.

Билиҥҥи босуобуйа алын кээмэйэ 7083, үрдээбитэ 29 600 солк. буолар.

Инньэ гынан, оҕо 1,5 сааһыгар дылы төлөнөр босуобуйаҕа дойду бүддьүөтүттэн 169.5 млрд. солкуобай бараныа.

Маны таһынан, эһиил олунньу 1 күнүттэн, оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр биир кэмнээх көмөлтө харчы эмиэ 5,8 % үрдүөҕэ. Билигин бу төлөбүр 19 981 солк. тэҥ. Онон 2022 сылга оҕо төрөөтөҕүнэ биир кэмнээх төлөбүргэ уопсай бүддьүөттэн 19, 8 млрд солк. ороскуоттаныа. Билигин маннык төлөбүр сууммата 18 886 солк. тэҥ.

2022 сылга, төрүүр уонна хат буолбут дьахталларга 132,8 млрд. көмө харчы көрүллүө.

2021 сылга төрүүр дьахтар алын кээмэйдээх босуобуйата 58 878 солк. тэҥ, үрдээбитэ 340 795 солк. буолар. Өскөтүн, дьахтар ыараханнык төрөөтөҕүнэ алын кээмэйдээх босуобуйата 65 607, үрдээбитэ 379 743  солк. буолар. Биир сырыыга иккиттэн элбэх (игирэ) оҕолонноҕуна, аччаабыта 81 589, элбээбитэ 472 245 солк. ылыаҕа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА