Дьокуускайга 2023 сылга 79 аварийнай дьиэни көтүрүөхтэрэ. Бу туһунан киин куорат баһылыга Евгений Григорьев бэйэтин телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.
«Бу көннөрү сыыппара буолбатах, тыһыынчанан куорат олохтооторун дьылҕата. Бырагыраама олоххо киириэҕиттэн биэс сыл иһигэр биэс тыһыынча кэриҥэ киһи саҥа дьиэлэннэ», — диэн эбэн эттэ Григорьев.
Маны таһынан, кэлэр сылга «Эргэ уонна хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» бырагыраама болдьоҕун иннинэ түмүктэниэҕэ диэн эбэн эттэ. Дьиҥэ бу бырагыраама 2025 сылга диэри былааннаммыта. Бырагыраамаҕа 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри аварийнай туруктааҕынан ааҕыллыбыт дьиэлэр киирдилэр.
«Бүгүҥҥү туругунан, бырагырааманы болдьоҕун иннинэ түмүктээбит регионнар федеральнай бүддьүөттэн эбии үбүлээһини ылыахтарын сөп. Маныаха, Дьокуускайга 2017 с. тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн аварийнай туруктааҕынан ааҕыллар дьиэлэргэ үп көрүөхтэрин син «, — диэн кэпсээтэ Дьокуускай куорат баһылыга.