Улуус кииниттэн тэйиччи сытар Дулҕалаах нэһилиэгэр бу сайын оскуоланы саҥардыы үлэтэ саҕаланна. Оскуола ис туругун саҥардан, ону тэҥэ 90-с сыллардаахха тутуллубут салҕааһын самнар туруктаах буолан хас да сыл сабыллан турбутун арыйан өрөмүөннээн эрэллэр.
Олохтоох урбаанньыт Степан Чукров салайыытынан үлэ күөстүү оргуйар. Пластиковай түннүктэр, ааннар турдулар, саҥа уот тардылынна, «Точка роста» икки кэбиниэтэ арыллан аныгылыы ирдэбилгэ сөптөөх гына оҥоһулунна, химия-биология, информатика кэбиниэттэрэ уонна аактабай саала муостатыттан үрдүгэр диэри бүтүннүү өрөмүөннэннэнэн уруккута хараҥа дьүһүннээх оскуола сырдыы түстэ.
35 оҕолоох Дулҕалаах орто оскуолатын эргэ дьиэтин саҥардыы биир эрэ сыллаах үлэ буолбатах – эһиилги үлэ былааныгар оскуола сүрүн өттүн бүтүннүү саҥаттаан оҥоруу баар.
Дулҕалаах нэһилиэгэ төһө да ыраах сыттар, сайдар кэскиллээх – оҕото-ыччата элбээн иһэр, кэлин да түргэн куйаар ситимэ киирдэҕинэ, эдэр, саҥа үлэһиттэр кэлэ турдахтарына бөһүөлэк тэтимнээхтик үүнэ-улаата туруо диэн эрэнэбит.
Туяра Чукрова