Ол курдук ааспыт кыһын хаһааҥҥытааҕар даҕаны халыҥ хаар түһэн сааһы быһа хаары ыраастааһын, чалбаҕы оботторуу үлэлэрэ күөстүү оргуйбуттара. Бу сырыыга хаар түһээтин кытта үлэлэр саҕаланнылар. Ол курдук, Дьокуускай куорат 107 уулуссатыгар хаары ыраастыы сылдьаллар. Хаары ыраастааһыҥҥа уопсайа КО-806 диэн хаары сиппийэр, ыраастыыр аҕыс тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Ону сэргэ алта тиэхиньикэ халтарааны утары үлэлиир.
Бэҕэһээ, алтынньы 18 күнүгэр, «Якутдорстрой» тиэхиньикэтэ түспүт хаары ыраастааһыҥҥа үлэлээбитэ. Оттон уулуссалар хаардарын ыраастыырга ДЗ -98 диэн түөрт грейдер, түөрт кыра погрузчик, үс фронтальнай погрузчик, биэс МТЗ -82 тыраахтар уонна 18 самосвал үлэлииллэр. Маны сэргэ, Дьокуускай куорат пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, оптуобус тохтобулларын хаардарын ыраастыырга үлэлэр эмиэ ыытыллаллар.
Ульяна Захарова, Саха сирэ