От ыйын 29 күнүгэр Дьокуускайга Уһук Илини сайыннарыы министиэристибэтин баһылыга Александр Козлов көтөн кэллэ. Федеральнай биэдэмистибэ салайааччытын былааныгар – социальнай уонна экономическай эбийиэктэргэ сылдьыы уонна сүбэ мунньахтары ыытыы.
Бээтинсэ сарсыарда Александр Козлов, Саха сирин Ил Дарханын э.т. Айсен Николаев уонна өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьерин э.т. Алексей Стручков Дьокуускайга 35 №-дээх оскуола хайдах тутулла сылдьарын көрдүлэр, онтон “Кангалассы” ТОСЭР бардылар.
Күн бастакы аҥарыгар федеральнай салайааччы Айсен Николаевы кытта көрсүһүөҕэ. Ол кэнниттэн кэккэ сүбэ мунньахтары ыытыаҕа.
СИА.