22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга суол быһылааныгар сатыы хааман испит киһи өллө

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кулун тутар 10 күнүгэр ГИБДД дьуһуурунай чааһыгар киэһэ 8 чаас саҕана Хатас  диэки айанныыр суолга сатыы хааман иһэр киһиэхэ массыына баран түспүтүн туһунан  төлөпүөнүнэн иһитиннэрии киирбит. Быһылаан тахсыбыт сиригэр оперативнай ДПС ботуруула ыытыллыбыт.

Бу түгэҥҥэ ыытыллыбыт быһаарыы түмүгүнэн, кулун тутар 10 күнүгэр киэһэ 8 чаас саҕана Покровскай тракт 10-с километрыгар  TOYOTA PREMIO масыынаны ыыта сылдьар  21 саастаах суоппар Хатастыыр тыраассанан сатыы сылдьар киһиэхэ массыынатынан баран түспүт. Сатыы сылдьар киһи массыынаҕа айаннаан истэҕинэ утары киирэн биэрбит.

Тута айаннаан кэлбит суһал көмө эр киһи өлбүтүн бэлиэтээбит.

Бэрэбиэркэ кэмигэр иномарка суоппара «В,В1» категориялаах суоппар дастабырыанньалаах, тырааныспары ыыппыта 3 сыл буолбутун быһаарбыттар. Уонна былырыыҥҥыттан ПДД кэһиитин иһин административнай эппиэтинэскэ , сүрүннээн, түргэн тэтимнээх режими кэһии иһин 60-тан тахса төгүл эппиэтинэскэ тардыллыбыта биллибит.

Медицинскэй бэрэбиэркэлээһин түмүгэр суоппар арыгы испэккэ сылдьбытын быһаарбыттар.

ДТП чахчытынан туһунан матырыйаалы суол быһылаанын силиэстийэтигэр биэрдилэр.

2022 сыл саҕаланыаҕыттан Дьокуускайга сатыы дьон кыттыгастаах 14 суол-транспортнай быһылаана бэлиэтэммит, олортон 1 сатыы киһи өлбүт уонна 14 араас степеннээх эчэйиини ылбыттар,онтон 3 оҕолор.

Источник: Саха Өрөспүүбүлүкэтин ИДьМ ГИБДД-тын салалтата.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА