Таалай күөлү туоруур муостаҕа бастыҥ киэргэл гынан оҥоһуллубут собо скульптуратын алдьаппыттарын кэннэ, эмиэ оҥоһулунна, миэстэтигэр туруорулунна.
Бу көмүс хатырыктаахха анаммыт өйдөбүнньүгү хаста да сууллара сылдьыбыттара. Маны көннөрүүгэ дьикти айымньы ааптара Сергей Зубарев сыл аҥарын бараата. Билигин скульптура саҥаттан миэстэтин булла.
Санатар эбит буоллахха, бу соҕотох ураты пааматынньык Дьокуускай күнүгэр ананан бэйэтин кэмигэр туруоруллубута. Санкт-Петербург куоракка кутуллубута. Скульптура 70 кг ыйааһыннаах, постамена 400 кг.