Дьокуускайга Өлүөнэ өрүс тас үөһүттэн 1995 сыллаах эр киһи тимирбит. Бу туһунан от ыйын 17 күнүгэр Саха сирин прокуратурата иһитиннэрдэ.
Эр киһи өлүгүн 203-с микрооройуон таһыттан булбуттар. Быраабы араҥаччылыыр уорганнар дааннайдарынан, эр киһи сөтүөлүү сылдьан өлбүт.
Санатан эттэххэ, ити Өлүөнэ өрүскэ былдьанар бастакы түбэлтэ буолбатах. От ыйын саҥатыгар куораттааҕы пляжка эмиэ эр киһи тимирбитэ.