Дьокуускайга «Дохсун» спортивнай комплекска художественнай гимнастикаҕа бөлөҕүнэн уонна биирдиилээн көрдөрүүгэ квалификационнай күрэхтэһиилэр аастылар.
75 эдэр спортсменка бэйэлэрин техническай маастарыстыбаларын уонна мээчиктээх, булавалаах, уобуруччалаах артыыстыылларын көрдөрдүлэр.
Саха сирин художественнай гимнастикаҕа хамаандатын старшай тренерэ Ксения Дудкина бэлиэтээбитинэн, бүгүн көрдөрүү сорох чааһа ааста, баал суумата барыта түмүктэннэҕинэ биллэр.
«Бүгүн кыргыттар бэйэлэрин толорууларынан миигин үөртүлэр. Кыахтарын тупсардылар, бу кинилэргэ олус үчүгэй», — диэтэ Саха сирин иккис хамаандатын тренерэ Александра Бронских.
Сарсын, бэс ыйын 28 күнүгэр, ким финалга киирэрин быһаарыы куоталаһыыта буолуоҕа.