22 Сэтинньи 22.11
  • -34°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга Гражданскай пуорум үлэтэ түмүктэри таһаарда

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга кулун тутар 13 — 14 күннэригэр буолбут 12-с төгүлүн ыытыллар Гражданскай пуорум дискуссиялыыр былаһааккаларыгар 500 киһи кытынна.

Модератордар пленарнай мунньахха резолюцияҕа киирэр этиилэри оҥордулар. Докумуон салгыы өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар тиксэриллэр, суруйар ЯСИА.

Пуорум быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар ананна. Биэс былаһаакка үлэлээтэ: «Духовно-нравственное воспитание. Традиционные ценности в современном мире», «Креативные индустрии: вектор развития экономики», «Грани патриотизма», «От десятилетия детства в России к Году детства в Республике Саха (Якутия)» уонна «Семейная политика как основа развития Республики Саха (Якутия)».

Боппуруостары дьүүллэһиигэ өрөспүүбүлүкэ парламенын депутаттара, биллэр уопсастыбанньыктар, СВО волонтердара, НКО-лар бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutske-podveli-itogi-raboty-grazhdanskogo-foruma-2024/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА