Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын иһинэн глаукома кабинета аһылынна. Саҥа кабинет харах ыарыытын чопчу быһаарар аныгы тэриллээх. Бу туһунан социальнай ситимнэринэн быһа тахсыытын кэмигэр доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин харахха кылаабынай бырааһа Екатерина Захарова иһитиннэрдэ.
«Саҥа тэрил ыарыыны кыра эрдэҕинэ быһаарар кыахтаах. Ити олус үчүгэй, тоҕо диэтэр глаукома хараҕынан көрбөт буолууга, инбэлииккэ тиэрдэр», — диэтэ Екатерина Захарова.
Сыл устата глаукоманы суох оҥорууга 700 кэриҥэ эппэрээссийэ ыытыллар. Харах балыыһатын исписэлиистэрэ глаукоманан ыалдьар дьону эрэгийиэннээҕи регистрга киллэрэллэр.