22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускайга 5 №-дээх оскуола саҥа дьиэтин үлэҕэ киллэриэхтэрэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ахсынньыга Дьокуускайга Н. О. Кривошапкин аатынан 5 №-дээх оскуола саҥа дьиэтин үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Билигин миэбэли, оборудованиены таҥыы бүтэн эрэр, диэн СИА-ҕа регион баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Саҥа үс этээстээх оскуола дьиэтин уопсай иэнэ 2185,58 кв. миэтэрэ буолуоҕа, 274 орто уонна үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ үөрэниэхтэрэ. Оскуолаҕа билигин 1500 кэриҥэ оҕо үөрэнэр.

Оскуолаҕа 45 миэстэлээх буфет, үөрэх кабинеттара, лабораториялар, учууталлар, социальнай педагог, психолог кабинеттара, тренажернай уонна хореографическай саалалар, рекреационнай зоналар, душевойдар, санузеллар бааллар.

«Өрөспүүбүлүкэҕэ хас биирдии оҕо ханна олороруттан тутулуга суох, хаачыстыбалаах үөрэҕи ылыахтаах. Биһиги сорукпут -онуоха сөптөөх усулуобуйаны тэрийии. Биһиги сыл аайы саҥа оскуолалары уонна оҕо саадтарын үлэҕэ киллэрэбит. Кинилэр бары аныгы үөрэх ирдэбилигэр эппиэттииллэр. Саха сирэ 2024 сылга үөрэх хаачыстыбатынан Арассыыйа 15 бастыҥ регионун ахсааныгар киириэ дии саныыбын», — диэн эрдэ Саха сирин баһылыга Айсен Николаев бэлиэтээн турардаах.

Санатан эттэххэ, 2022 сылга өрөспүүбүлүкэ куораттарыгар уонна нэһилиэктэригэр 4000-тэн тахса оҕону хабар 13 саҥа оскуола үлэҕэ киириэхтээх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА