Дьокуускайга култуура уонна сынньалаҥ паарката кыһын эмиэ үлэлиир буолуоҕа. Быйыл манна бастакы кыһыҥҥы аттракциону уонна оҕо сынньанар комплексын тутуохтара. Бу туһунан куорат баһылыга Евгений Григорьев «Якутия Live» бырагыраамаҕа кэпсээтэ.
Григорьев этэринэн, пааркаҕа өссө сылы эргиччи үлэлиир аквапаарканы уонна скейтыырга аналлаах площадканы туталлара былааннанар. Маныаха судаарыстыбыннай инвестордары туһаныы механизмын көрөллөр.
Дьокуускай баһылыга өссө, 2020 сылга саҕаламмыт билэсипиэт суолун тутуута салҕанарын бэлиэтээтэ.