22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускай аэропордугар Ту сөмөлүөт хаартыскалардаах быыстапка аһылынна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай аэропордугар Туполев конструкторскай бюротун 100 сылыгар уонна аатырбыт Ту сөмөлүөттэргэ анаммыт хаартыска быыстапката аһылынна, диэн аэропорт пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Саха авиациятын историятыгар Ту-154 сөмөлүөт биллэр суолу хаалларбыт ол иһин быыстапка үгүс хаартыскалара киниэхэ ананар.

1957 сыл кулун тутар ыйга Дьокуускай аэропордугар Ту- 104  сөмөлүөт намыһах температура усулуобуйатыгар бастакытын боруобаны ааспыта. Саҥа улахан сөмөлүөтү өрөспүүбүлүкэ киин куоратын олохтоохторо уонна ыалдьыттара көрсүбүттэрэ.

Бастайааннай сырыыга Дьокуускайга Ту-154 сөмөлүөт аан бастаан 1983 сыллаахха кэлбитэ. Кэлин маннык типтээх сөмөлүөттэр «СахаАвиа», «Якутские авиалинии», «Полярные авиалинии», «Якутия» уонна «АЛРОСА» авиахампаанньалар аҕалбыттара.

Ту- 154 сөмөлүөт Арассыыйаҕа бүтэһик көтүүтүн 2020 сыл алтынньы 28 күнүгэр оҥорбута. Бу Мииринэйтэн Новосибирскай куоракка «АЛРОСА» авиахампаанньа рейсэ этэ. Сөмөлүөт 2019 сылга, эксплуатацияттан тахсыбыта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА