22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дойду нэһилиэгэр ыччат тэрийбит «Кыһыл майаак» бырайыага олохтоохторго биһирэннэ

16:02, 13 февраля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дойду нэһилиэгин көхтөөх ыччата өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан эдэр ыаллары Хапчаҕайга аҕалан олохсутан, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар сыаллаах анал бырагыраамаларын чэрчитинэн «Кыһыл майаак» диэн хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэни тэрийдилэр.


«Кыһыл майаак» ХЭТ тэриллэрин туһунан бырайыагы 2017 сыл сааһыттан суруйан, үлэлэһэн, күһүҥҥэттэн 70 сүөһүгэ анаан хотон тутуутун саҕалаабыттар. Бырайыакка нэһилиэк ыччата паайдаахтар быһыытынан кыттыспыттар. Хотону үлэҕэ киллэриигэ улуус, Дойду нэһилиэгин дьаһалталара ыччаттар көҕүлээһиннэрин өйөөн, үбүнэн-харчынан көмөлөспүттэр итиэннэ олохтоохтор субуотунньуктаабыттар.

Күн-бүгүн 62 сүөһүнү этэҥҥэ кыһыны туоратан эрэллэр. Итинтэн 30 сүөһүтүн атыыласпыттар, итиннэ эбии кырдьаҕас дьон сүөһүлэрин ылан көрөллөр-истэллэр. Бырайыак олоххо киириитигэр сүүрбүт-көппүт ыччаттарынан Кулешовтар дьиэ кэргэн, ыччаты кытта үлэлэһэр исписэлиис Сахамила Михеева, тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Прокопий Шестаков, «Кыһыл майаак» салайааччытынан Октябрина Кулешова, сүөһүлэри көрөөччүнэн Владимир Дмитриевич уонна Аида Николаевна Кычкиннар үлэлииллэр.

Нэһилиэкпитигэр сүөһү көрөр аҕам саастаах дьон үлэни-хамнаһы кыайбат буолан, сүөһү аҕыйаан лаппа аччаан барбыта. Онон хайдах эмэ гынан сүөһү ахсаанын энчирэппэт сыалтан оҥоһуллубут бырайыак буолар диэххэ сөп. Бырайыагы оҥорбут ыччат ортотугар физика, математика учууталлара идэлээхтэр баар буоламмыт, элбэҕи үөрэтэн , билэн баран, хотоммут аныгылыы матырыйаалынан тутуллара ордук диэммит уонна үбүгэр-харчытыгар таһаардахха, удамыр сыаналаах буоллун диэн поликарбонат матырыйаалынан оҥордубут. Көҥдөйүн, өһүөлэрин уордьар ыламмыт бэйэбит нэһилиэкпит ойууруттан мас кэрдэн аҕалан туһаммыппыт. Поликарбонаппытын, ортотунан салгын оонньоотун диэн, сылааһын тутарыгар икки араҥанан оҥорбуппут. Быйыл ордук тымныы кыһын буолла. 60 кыраадыска тиийэ тымныйталыы сырытта. Онуоха хотоммут тоҥмото, сүөһүлэрбит кыһыны этэҥҥэ туораан эрэллэр. Матырыйаал күн уотун үчүгэйдик киллэрэр буолан, электро-уот ситимигэр сааһыгар көдьүүстээх буолар эбит, ‒ диэн Октябрина кэпсээтэ.

«Кыһыл майаактар» мантан саас төрүөҕү кэтэһэллэр. Инникитин өссө да салгыы сайдар, сүөһү ахсаанын элбэтэр, хотоннорун өссө кэҥэтэр, эбии үлэ миэстэтин таһаарынар киэн былааннаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА