Судаарыстыбаннай Дуума үлэлиир төрөппүттэргэ төлөбүрдэри киллэрэр сокуон барылын иккис ааҕыыга ылынна. Онон сыл бүтүүтэ дьиэ кэргэн нолуок 13% уонна 6% икки ардынааҕы араастаһыытын төттөрү ылыаҕа, суруйда Ангелина Васильева, Саха сирэ саайт.
Судаарыстыбаннай Дуума икки уонна онтон элбэх оҕолоох үлэһит гражданнарга дьиэ кэргэн дохуота биир киһиэхэ тиксэринэн, 1,5 төгүллээх тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах буоллаҕына, дьиэ кэргэн төлөбүрүн туһунан сокуон барылын иккис ааҕыыга ылынна. Үһүс ааҕыы от ыйын 10 күнүгэр былааннанар.
Сокуон олоххо киирдэҕинэ, икки уонна онтон элбэх оҕолоох үлэлиир төрөппүттэргэ (иитиэх төрөппүттэргэ, эппэкииннэргэ, попечителлэргэ) сыллааҕы төлөбүр ананар. Төлөбүр Арассыыйаҕа бастайааннай олорор, нолуогу төлүүр гражданнарга бэриллэр. Кинилэр дохуоттарыттан НДФЛ нолуок төлөммүт буолуохтаах. Итини тэҥэ, дьиэ кэргэн биир киһиэхэ тиксэр орто дохуота эрэгийиэҥҥэ олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн 1,5 төгүл үрдүө суохтаах.
Төлөбүр суумата сайаапка киирбит иннинээҕи сылга НДФЛ төлөммүтүттэн, нолуок 13%-тан 6%-ҥа диэри араастаһыыта сыл бүтүүтүгэр дьиэ кэргэҥҥэ төннөрүллэр.
Гражданин Социальнай пуонда Саха сиринээҕи салаатыгар муус устар 1 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри төлөбүрү анааһын туһунан сайабылыанньаны биэрэр бырааптаах. Төлөбүр хас биирдии төрөппүккэ (иитиэх оҕолоох, 18-гар диэри саастаах уонна 23-гэр диэри саастаах устудьуон оҕолоох дьоҥҥо) алимеҥҥа иэстэрэ суох буоллаҕына, оҥоһуллар. Үп министиэристибэтэ бу өйөбүлү “кэшбэк”, эбэтэр, сыл бүтүүтүгэр “уон үһүс хамнаһы” төлөөһүн курдук буолар диэн быһаарда.
Судургутук холобурдаатахха, төрөппүт сыл устата 100 тыһыынча солкуобайы хамнаһыттан НДФЛ нолуокка ыыппыт буоллаҕына, киниэхэ 13 — 6 = 7%, ол эбэтэр, 7 тыһыынча солкуобайа бэлэх курдук төннөр. Кини кэргэнэ эмиэ маннык төнүннэриэн сөп. Оччотугар, дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр 14 тыһыынча солкуобай эбиллэр (быһа холоон эттэххэ).
Төлөбүр сайабылыанньа биэрээччи бааҥҥа арыйбыт счетугар түһэр. Маннык түгэҥҥэ, баан өҥөтүн иһин төлөбүр суох буолуоҕа. Сокуон 2026 сыл атырдьах ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэхтээх. Төлөбүрү ааҕыыга нолуок базата 2025 сылга оҥоһуллуоҕа. Ол эбэтэр, 2025 сылга төлөммүт нолуок араастаһыыта төннөр.