Дьааҥыга буола турар ыһыахха оҕолорго ордук болҕомто уурулунна.
Ытык Дьааҥы кырдьаҕас куоратын кырачаан олохтоохторо кинилэргэ анаан бэлэмнэммит араас көр-нар ыытыллар сынньалаҥ былаһааккаларыгар дуоһуйа оонньоотулар.
«Урукку кэмнэргэ сүрүннээн улахан дьоҥҥо ыһыахтыыр усулуобуйа тэриллэрэ. Быйылгы суолталаах тэрээһиҥҥэ дьиэ кэргэттэргэ умнуллубат өйдөбүл хааларын туһугар оҕолору аралдьытар хайысхалары эмиэ тобуллубут», — диэн кэпсиир оройуон муниципалитетын тэрийэр отделын салайааччыта Сергей Слепцов.
Көлүөнэни көлүөнэ солбуйан, сотору кэминэн бу сырдык ыраас ыһыах күн күлэн чаҕаарар кырачааннар улаатан төрөөбүт Дьааҥыларын сайыннарыахтара турдаҕа.