Сайын атырдьах ыйын бүтүүтэ Тополинай сэлиэнньэтигэр тиэрдэр «Дьааҥы» массыына суолугар Мөҥкүлэ үрэҕи туоруур муоста алдьаммыта. Билигин ону чөлүгэр түһэрэр үлэлэр ыытыллаллар.
Дьокуускайтан бэдэрээччит – «Мосты Севера» ХЭТ үрэҕи туоруур 313 миэтэрэ уһуннаах муоста аттыгар үлэҕэ туттуллар конструкциялары барытын тиэйэн аҕалан билигин таҥа сылдьаллар. Биир массыына кыраанын үлэлэтэллэр.
32 погоннай миэтэрэ иэннээх конструкцияны туруорарга эбии массыына кыраана уонна погрузчик булуллуохтаах. Ити техника көрүҥнэрин уу суола сабыллан Хаандыга бөһүөлэгэр уонна Теплай Ключ сэлиэнньэтигэр баар олохтоох суолу оҥорор тэрилтэлэртэн уларсарга былаанныыллар.
Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Иван Афанасьев:
— Бу үлэ кыһыҥҥы өртүгэр Тополинайы таһынан хоту сытар улуустар олохтоохторун аһынан-таҥаһынан, таһаҕаһынан хааччыйар «Дьааҥы» массыына суолугар улахан суолталааҕын иһин биир сүрүн болҕомтоҕо ылан куруутун билсэбин. Сорох кыһалҕаны быһаарсарга улуус өртүттэн көмөнү оҥоробут. Бэдэрээччит болдьообут кэмигэр – алтынньы 30 күнүгэр муостаны чөлүгэр түһэриэ диэн эрэнэбит.