Сэтинньи сэттистиир күнүгэр Чурапчы нэһилиэгэр Албан аат уонна Улуу Өктөөп 102 сылыгар анаммыт тэрээһин буолла. Дьон история биир кэрчик кэмин ахтан-санаан ааста, киин уулуссанан сэлэлии хаамта.
Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин күнүнэн РФ Чурапчы улууһунааҕы хомуньуус баартыйа чилиэттэрэ, оройуоннааҕы бүрүө I сэкирэтээрэ Семен Никитин салайыытынан судаарыстыбаннас олохтонуутун скверигэр өйдөбүнньүк бэлиэ уурдулар.
Кыайыы скверигэр Ил Түмэн дьокутаата Семен Никитин, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев эҕэрдэ эттилэр. Таатта уонна Чурапчы улуустарын байыаннай хамыссарыйаатын хамыһаара, подполковник Николай Андреев салайыытынан патриотическай кулууп оҕолоро парааттаатылар.
Александр Федотов аатынан ыспартыыбынай саалаҕа Кыайыы былааҕын Иван Павлов аатынан Мурун орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ күөрэччи тутан киллэрдилэр. Кинилэри таһынан устуруой көрүүтүгэр Чурапчы орто оскуолатын, Чурапчытааҕы гимназия, Болтоҥо, Хайахсыт, Хатылы орто оскуолаларын үөрэнээччилэрэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Күһүҥҥү ыҥырыынан аармыйаҕа барар 5 уолу атаарыы сиэрэ-туома буолла. Байыаннай хамыһаар Николай Михайлович аармыйаҕа сулууспалыы барар уолаттар төрөппүттэригэр оҕону сөптөөхтүк, дьоһуннук иитиилэрин иһин махтал суруктары туттартаата.
Ааптар: Семен Жендринскэй, https://ulus.media