От ыйын 18 күнүттэн саҕалаан ый устата 21 киһилээх «Мохсоҕол» тутар этэрээт Чурапчы нэһилиэгэр хаарбах туруктааҕынан көтүллүбүт дьиэлэртэн хаалбыт бөхтөрү суох оҥорууга ылыстылар. Киин уулуссаҕа ыһыллыбыт бөхтөрү хомуйдулар, ыраастаатылар. Ону тэҥэ Чурапчы нэһилиэгэр баар муосталары, күрүөлэри, кэрэ бэлиэ сирдэри, сквердэри, болуоссаттары сөргүтэн, тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар кырааскалаатылар.
Бу күн устудьуоннар этэрээттэрин кытта көрсөн кэпсэттим. Устудьуоннар бастакыларын бу маннык тутар этэрээккэ үлэлииллэр эбит. Бары араас үөрэх кыһатыттан сылдьаллар. Нэһилиэк ис-тас көстүүтэ тупсарыгар кылааттарын киллэрсибиттэриттэн астыналлар. Тоҕус томтор устуоруйатыттан элбэҕи билбиттэрин эттилэр.
Ити курдук, эдэр дьон нэһилиэктэрэ өссө тупса, сайда, киэркэйэ турарыгар көхтөөхтүк үлэлииллэриттэн киэн туттабын. Байыастар бэриллибит сорудахтарын ыйыллыбыт бириэмэтигэр хаачыстыбалаахтык оҥорон, түмүктээтилэр. Кинилэргэ үөрэхтэригэр бигэ билиини ылан, уопсастыбаҕа туһалаах үлэһит буолан тахсалларыгар баҕарабыт.
Марфа Петрова, Саҥа олох