Саха сиригэр саас кэлиитэ элбэх ууну кытта сибээстээх. Күөллэр, үрэхтэр, өрүстэр ууларын таһааран, дьоҥҥо, сүөһүгэ кутталлаах кэм.
Бэҕэһээ Чурапчы улууһугар Түөйэ үрэххэ 10-ча сылгы «уу хаайыытыгар» түбэспиттэрин быыһаатылар.
— Сэрэхтэммит, үрэх мууһа хайа баран, үрдүнэн уу охсубут. Видеоҕа көстөр дириҥэ. Биир биир таһаарталаатыбыт. Тоҥмуттар этэ. Нэһиилэ тахсаат, атахтарыгар чиҥ турбуттарын биллэхтэринэ, тыа диэки түһэллэр. Эбиэттэн киэһэ биир ыал 30-ча сүөһүтэ түспүтүн кэпсээбиттэрэ, быыһаабыттар. Этэҥҥэ эрэ буоллуннар», — диэн пиэрмэр Валентин Дьячковскай кэпсээтэ.



